Текст песни Айыы Уола — Ийээ махтал /слова

Обновлено: 26 июля 2025
Сарсыарда күнү тулалыыр эйгэ
Үөрэ сонургуу көрсөрүн курдук
Эйигин мин ыраата сылдьан
Ахтарым ордук күүһүрэр, күүһүрэр

Ийэм ийэкээм ийэкээм барахсан
Туохтан да ордук күндүгүн миэхэ
Ийэм ийэкээм мин дьолу олоҕу
Эн баар буолаҥҥын көрөбүн

Өйдүүгүн дуо, ийэ, бастакы атылбын
Аан бастаан ийэ диэн үөрдүбүт күммүн
Билэҕин дуо, ийэ, эйиэхэ махталы
Уолан бүппэт үрэх буолан кутулла туруо

Ийэм ийэкээм ийэкээм барахсан
Туохтан да ордук күндүгүн миэхэ
Ийэм ийэкээм мин дьолу олоҕу
Эн баар буолаҥҥын көрөбүн

Бу ырыам тыллара үйэттэн үйэҕэ
Бэриллэн ыллана туруо куруутун
Бу ырыам матыыбын күөх тайҕа суугунаан
Ыллыы туруо өрүүтүн, өрүүтүн

Ийэм ийэкээм ийэкээм барахсан
Туохтан да ордук күндүгүн миэхэ
Ийэм ийэкээм мин дьолу олоҕу
Эн баар буолаҥҥын көрөбүн

Оставьте комментарий